Төрөөбүт төрүт тылбыт күнүгэр аналлаах улуустааҕы үөрэнээччилэр «Ийэ тыл этигэн кэрэтэ» фестиваль быйыл тохсус сылын П.С. Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатыгар буолла. Быйылгы фестиваль уратытынан Өрөспүүбүлүкэ саха тылын, төрүт култууратын учууталларын түмсүүтэ 2019-2020 үөрэх сылын «Ааҕыы сылынын» биллэрбиттэринэн ааҕыыга аналлаах тэрээһиннэр ыытылыннылар, оскуола СОНОР оонньууну кэрэхсиир буолан бу көрүҥҥэ күрэс буолла. Ону таһынан оскуолалар «Төрөөбүт түөлбэм — Аҕа дойду Улуу сэриитигэр» видео одҥорууга күрэстэстилэр.
Бу бырааһынньыкка улуус сахалыы тыыннаах 17 оскуолатыттан, нуучча тыллаах 2 оскуолаттан барыта 250-кэ оҕо, 35 учуутал кыттыыны ыллылар.
Көрсүспүччэ оһуокай оонньуутун тардан кэбистилэр. Үөһээ дойду боотурдара олоҥхолоон бардылар, уус-уран тыл көрүҥнэрэ тус туһунан арахсан ийэ тыл сүмэһинин ыймахтаан дуоһуйа тыыннылар, остуол оонньуутун сэргээччилэр хаамыскалаары, хабылыктаары муһуннулар, өй өрөгөйүн оонньооччулар өйдөрүн сытыылыы түмүстүлэр, бэйэ санаатын сайа этэр түһүлгэҕэ кыттаары тоҕуорустулар.
Өй өрөгөйүн оонньуута сыллата ыытыллар, саха тылын, литературатын билиигэ-көрүүгэ, туһааннаах. Манна кыайыылааҕынан Бурцев А.С. учууталлаах 2 Дьөппөн, ойдор иккис, 2 Малдьаҕардар — үһүс миэстэни эрэллээхтик ыллылар. Нуучча тыллаах оскуолаларга Покровскай 2 №, (6 кылаас), Покровскай 3 № 6 кылаастарын үөрэнээччилэрэ сахалыы саньаран, билиилэрин көрдөрөн, сахалыы тыллары суруйан тэрийээччилэри астыннардылар.
Буоларын курдук оҕолор саха тылын төһө билэллэригэр тургутук күрэһин аастылар, нуучча тыллаах оскуолалар «Саха тыла — мин төрөөбүт дойдум төрүт тыла» эмиэ өй оонньуутугар көхтөөхтүк кытыннылар.
Манна даҕатан эттэххэ Покровскай 2 №, Покровскай 3 № нуучча тыллаах оскуолалар оҕолоро уус-уран ааҕыыга, олоньхоҕо, сахалыы остуол оонньууларыгар, оһуокайга сыллата сүрдээх таһаарыылаахтык кытталлар. Учууталлар Е.Р. Менкярова, Н,Р. Заморщикова, Ф.К. Капитонова сыралаах үлэлэрин түмүгэ түмүктэрдээх буоларыттан бары да үөрэбит. Кинилэр үөрэтэр оҕолоро өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар саха тыла — государственнай тыл олимпиадатыгар ситиһиилээхтик кытталлар.
«Бэйэ санаатын сайа этии түһүлгэтэ» (сахалыы тыллаахтар дебаттара) 2 бөлөҕүнэн: 6-8 кылаастарга уонна 9-10 кылаастарга тус туһунан ыытылынна.
Улахаттарга Покровскай 1 №, Хачыкаат, орто бөлөххө Төхтүр, Покровскай 1 №, Хачыкаат үөрэнээччилэрэ санааларын сатаан сааһылаан саньаран, мөккүөргэ кытталларын сайыннаран туһааннааҕынан инники күөньньэ таҕыстылар.
Уолаттар ортолоругар уус уран ааҕыылар быйыл да ааҕааччы элбэҕэ үөрдэр. Икки бөлөҕүнэн ыытылыннылар. Уол оҕо сцена иннигэр тахсан дорҕоонноохтук эрэ буолбакка, ааҕыы култууратын барытын тутуһан, туттунан-хаптынан, куоластарын чөллөрүтэн, ис хоһоонун биэрэн, сахалыы таньнан-симэнэн аахтылар.
Манна биирдиилээн ааҕааччыларга Тимофеев Слава (Покровскай 1 №), Рожин Василий (Тиит Арыы), Пирожков Коля (Төхтүр), Киприянов Валера, Ефремов Ефрем (Хачыкаат) миэстэлэстилэр. Бөлөхтөрүнэн ааҕыыга «Ой эрэллэрэ», «Кыайыы волонтердара» (Булгунньахтаах), «Дьэргэлгэн» (Покровскай 1№), «Күөрдэм кэскиллэрэ», (2 Дьөппөн), «Сайдам» (Кыһыл Үрүйэ), Покровскай 3 № оскуолаларын үөрэнээччилэрэ кыайыылаах буоллулар. Ааҕыылар таһымнара үрдүүрэ — учууталлар барахсаттар күүстээх үлэлэрин түмүгэ.
Аман өс күрэҕин анала: бэйэ санаатын сааһылаан, толкуйдаан ыраастык этэр, саньарар дьону иитэн таһаарыыга олук ууруу. Кыттааччы дьүүллүүр сүбэттэн талан ылбыт тиэмэтин сонно тута тахсан, санаатын сааһылыы охсон, 5 мүнүүтэ иһигэр куолулуохтаах. Бастынь куолуһут аатын Кирикова Ангелина (Хачыкаат), 2-с куоһут аатын Попова Нарыйа (1 Дьөппөн санаторнай оскуола), Соловьева Оксана (1 Дьөппөн) ылыан ыллылар, 3-с куолуһут – Ермолаев Никита, Ефремова Сардаана (Хачыкаат) үллэһиннилэр,
Чабырҕахсыттар күрэстэрэ хатыһыылаахтык ааста. Айан этэр чабырҕахсыттар бааллара кэрэхсэбиллээх. Биирдиилээн чабырҕахсыттарга Трифонова Айта (Тумул), Иванова Оксана (Покроскай 2 №), Петрова Света (1 Дьөппөн санаторнай) кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Бөлөхтөргө 1 миэстэни 3 Малдьаҕар, 2 миэстэни – Ой, уонна 3 миэстэни — Кыһыл Үрүйэ ыллылар.
«Төрөөбүт түөлбэм дьоно — Аҕа дойду сэриитигэр» видео көрүүтүн күрэҕэр 7 оскуола кытынна. Видеолар бары да кэрэхсэнэр гына оньоһуллубуттар. Бастакы миэстэни Солдатов Иван устубут Покровска1 1 № оскуолата, икис миэстэҕэ – Булгунньахтаах, үһүс миэстэни Хоточчу киинэ оньорооччулара ыллылар. Ону таһынан 1 Дьөппөн санаторнай, 1 Дьөппөн орто, Хачыкаат орто, Јктөм билимин Киинэ оньорбут үлэлэрэ анал ааттары ыллылар.
Олоҥхоҕо күрэскэ быйыл былырыыньньытааҕар кыттааччы ахсаана элбэх. Олус үчүгэй олоньхоһуттардаах 1 Дьөппөн орто оскуолатын олоньхоһуттара иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтилэр. Кинилэр кэннилэриттэн 3 Малдьаҕар оскуолата, былырыыньньы кыайыылаахтар. Үөрүүлээҕэ баар, олоньхоҕо быйыл нууччалыы тыллаах Покровскай 3 № оскуолатын үөрэнээччилэрэ нууччалыы тылынан олоньхолоотулар. Ох курдук оньостон кэобит 2 Малдьаҕар үөрэнээччитэ Афанасьев Владик бастаата. Федоров Мичил (1 Дьөппөн) киһи астынар гына олоньхолоото. Учууталлар бу хайҕаллаах кэскиллээх дьыаланы өрө туталлара, кыра кылааска уһуйуллубут кырачаан олоньхоһуттары салгыы сайыннараллара эрэйиллэр.
Сахалыы остуол оонньууларыгар хабылыкка уонна хаамыскаҕа күрэхтэр кыттааччылара сыллата үүнэр, баҕалаахтар элбииллэр, таһымнара да үрдүүр.
Сымса илиилээхтэринэн хаамыска, хабылык оонньуутугар уолаттарга бэйэлэрин көрдөрдүлэр: Платонов Аверий (2 Дьөппөн), Михайлов Долун (Покровскай 1 №), Гаврильев Никита (Тумул). Кыргыттар ортолоругар сыллата оонньуур таһымнарын үрдэтэр Слепцова Надя (1 Дьөппөн), Осипова Лиза (2 Малдьаҕар), Слепцова Виолетта (Тумул), Трофимова Оля (Покровскай 1 №), Осипова Женя (Хачыкаат) инники күөнтэн түспэтилэр, кинилэри кытта тэньньэ оонньоотулар.
«Эллэй эһэбит эһиэкэйэ» — оһуокай күрэхтэһиитэ. Сыл аайы ыытыллар бу күрэс үтүөкэн түмүктэрдээх буолан эрэрэ өтө көстөр. Оһуокай күрэҕэ өрө көтөҕүллүүллээхтик барда. Кыттааччылар тылларын хомоҕойо, кылыһахтара, дэгэрэньник этиилэрэ, тэтимнэрэ, түһүлгэлэрин киэньэ анал аатынан бэлиэтэннэ.
Барыта 15 кыттааччы, да бары ирдэбилгэ эппиэттэстилэр. Кыайыыны ситистэ Данилова Виолетта (Хачыкаат), 2 миэстэ – Соловьева Ксения (3 Малдьаҕар), Сергеева Таня (1 Дьөппөн орто оскуолата), Толстяков Руслан (3 Малдьаҕар) – 3 миэстэни ылан үөрдүлэр-көттүлэр. Оҕолорбутун сайыннарыаҕын, инникитин бэртээхэй этээччилэр үүнэллэригэр кыаҕы биэриэҕин.
Сонор оонньуу улууска улаханнык тарҕамматах эбит. Кыайыылаахтар: 3 Малдьаҕар уонна 1 Дьөппөн оҕолоро.
«ААҔЫЫ ЭЙГЭТИН ТҮҺҮЛГЭТЭ» үлэтин иилээн-саҕалаан 1 Дьөппөн оскуолатын библиотекара Михайлова М.П., Покровскайдааҕы Оҕо библиотекатын библиографа Скрябина Н.Ф., Покровскай 1 № оскуолатын библиотекаря Кириллина С.А. ыыттылар. Бу түһүлгэҕэ БУОРААХ СЫТТААХ КИНИГЭЛЭР – быыстапка. УҺУН ҮЙЭЛЭЭХ КИНИГЭЛЭР –оскуолалар библиотекаларын кинигэлэринэн быыстапка. «ААҔАР ДЬИЭ КЭРГЭН ХАҺЫАТА» көрүү-күрэс, «КИНИГЭ АУКЦИОНА» Саха суруйааччыларын кинигэлэринэн, ону таһынан саха литературатын төһө билэҕин? ЫЙЫТЫК күрэһэ.
Уопсай түмүккэ оскуолалар хас көрүҥҥэ кыттыбыттарынан уонна бастаабыт миэстэлэринэн 1 Дьөппөн орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ бастаатылар, оннук буолааччы, тэрийэр оскуола кыттааччыта да элбэх буолар, кыттар көрүньэ да элбэх буолар. Иккис миэстэни — Покровскай 1 №, үһүс миэстэни – Хачыкаат оскуолата ыллылар. Сүрүн оскуолалар сыллата көхтөөхтүк кытталлар. Аҕыйах оҕолоохпут диэн суламматтар. Барыта 5 оскуола, онон кинилэр ортолоругар туөунан түмүк таһаардыбыт. Элбэх көрүньньэ кыттан ситиһиилэммит 1 Дьөппөн санаторнай оскуолата бастаата, иккис — 3 Малдьаҕар, үһүс – Хоточчу. Бу тэрээһин ис хоһооно кэньииригэр, сайдарыгар учууталлар эрэ буолбакка төрөппүттэр көмөлөрө, кыттыылара, үтүөлэрэ улахан. Кинилэрэ суох таньас-сап тигиллибэт, айан суола арыллыбат, дьарык, бэлэм сайдыбат, онон ыччаттарын сахалыы тыыньньа иитэргэ олук уурсар ханьаластарга махтал.
1 Дьөппөн оскуолатын учууталларыгар, чуолаан саха тылын учууталларыгар Прокопьева С.И., Данилова Л.И., остолобуой үлэһиттэригэр барҕа махтал.
К. Скрябина, тэрийээччи,
Ханьалас улууһун үөрэҕин салаатын тутаах үлэһитэ, 17. 02.2020.