ХОМУС
(оригинал, якутский язык)
Айыҥат хаан аймаҕа
Аан ийэ дайдыны
Айар күнүгэр,
Икки атахтааҕы
Ийэ сиргэ
Кэскиллиир күнүгэр,
Урааҥхай дьону
Орто дойдуга
Олохтуур күнүгэр,
Хохуоралаах тыллаах.
Хоҥкунас тыастаах,
Холобура суох хоһоонноох
Хомус барахсаны
Хомуһуннаан айбыта үһү.
Ол кэннэ таҥхалаабыта үһү
Ол курдук диэн:
«Бэрт тимиринэн бэйэлээтим,
Сүдү тимиринэн сүрүннээтим,
Сыыйыы тимиринэн сыҥаахтаатым,
Дьикти тимиринэн тиэрбэстээтим,
Тыйыс тимиринэн тыллаатым.
Араас омук
Албас саҥатынан
Абылаан айдым,
Үгүс омук
Үгэтин-хоһоонун
Үмүрүтэн түмнүм.
Элбэх омук
Этэр тылын
Иҥэрэн биэрдим,
Тыл иччитин
Тыллаах-өстөөх
Тыһы ымыы чыычаах гынан
Тылгар сыһыардым.
Саҥа дуораанын
Сай-күдүө санаалаан
Саһыаран биэрдим,
Ырыа хоһоонун
Ыралаах тыллаан
Ымыы уктум…
Алексей Кулаковскай.
Для отправки комментария необходимо войти на сайт.