Бэс ыйын 18 күнүгэр Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар уонна Хаҥалас улууһун историятын кэрэһэлиир бэлиэ сылыгар анаммыт Эркээни Ыһыаҕа ыһылынна. Манна үгүс элбэх көрөөччүлээх биир саамай киэҥ түһүлгэлээх оҕо- аймах ырыатын- тойугун түһүлгэтэ буолла. Оҕо түһүлгэтин Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин дьаһалтата уонна Төхтүр орто оскуолата тэрийэн ыыттылар. Ырыа- тойук күрэҕэр суурбэттэн тахса оҕо кытынна. Дьууллуур субэҕэ Федорова С.С, Быганова В.Н., Захарова Л.П, Макаров Н.И улэлээн маннык түмүгү таьаардылар:
Гран При — Иванова Виолетта , Дьокуускай к.
Харлампьева Уйгулаана, Покровскай к. 3№дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ
1 степеннээх дипломунан бэлиэтэннилэр:
— Васильева Нелли, 5 с. «Сардаана» оҕону сайыннарар киин иитиллээччитэ;
-Латышев Ренат, 5с, «Кыымчаан» уһуйаан иитиллээччитэ;
— Егоров Эрик, 1 Дьөппөн орто оскуолатын үөрэнээччитэ;
— Еремеева Сайаана, Покровскай к. 1 №дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ
— Петрова Кристина, 2 Малдьаҕар орто оскуолатын үөрэнээччитэ;
— Неустроев Кэскил, Покровскай к. 1 №дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ.
2 степеннээх дипломунан наҕараадаланнылар:
-Скрябин Өркөн, 6с, 25№дээх «Туллукчаан» уһуйаан иитиллээччитэ;
-«Сардаана»бөлөх ,2-3 с, Чуораанчык уһуйаан иитиллээччилэрэ;
-Калитина Дария, 2 Малдьаҕар орто оскуолатын үөрэнээччитэ;
-Павлова Катарина, Покровскай к. 1 №дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ;
-Шаврина Кристина, Мохсо5оллоох орто оскуолатын үөрэнээччитэ.
3 степеннээх дипломаннарынан буоллулар:
-«Сир симэхтэрэ» белех, «Сардаана» оҕону сайыннарар киин иитиллээччилэрэ;
-Владимирова Кира,3с «Сардаана» о5ону сайыннарар киин иитиллээччитэ;
-Тихонов Игнат, Покровскай к. 1 №дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ.
Конкурс кэмигэр көрөөччулэри Ой орто оскуолатын «Эрэл» вокальнай- инструментальнай бөлөҕө (салайааччы Павел Павлович Яковлев) сэргэхситтэ. Сэргэх сонун ырыалардаах оҕолорбутугар махтанабыт, инникитин ситиһиилэри баҕарабыт.
Саха культуратын ураты көрүҥнэрин үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрэр төрөппүттэргэ, уһуйааччыларга тэрийэр бөлөх аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Кыттааччыларбытыгар үгүс ситиһиилэр үүнэ турдуннар, сахалыы ырыа- тойук түһүлгэтин өссө да кэҥэтэ- тэнитэ сылдьыҥ, саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ диэн алгыспытын аныыбыт.
Тэрийэр бөлөх.
Для отправки комментария необходимо войти на сайт.